Өлтөх нэһилиэгин Бэйдиҥэ уонна Арыылаах ийэлэрэ, эбээлэрэ, кэрэ аҥаардара бары биир сүбэнэн мустан, ыраах СВО сылдьар саха буойун уолаттарыгар анаан, аламаҕай баҕа санааларын ууран туран, алгыс тыл үтүөтүн-бастыҥын этэн, ырахан түгэҥҥэ күүс сэниэ эптин, өрүү саха буолалларынан, айбыт Айыыларбыт көмүскүү-араҥаччылыы сырыттыннар диэн сылаас сымнаҕас илиилэригэр бигээн, аламаҕай харахтарынан таптыы көрөн, харыстыы сырыттын диэн ХАРЫСТАЛ арааһын… (читать далее)
👍👏 СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ тыа сиригэр сынньалаҥ кииннэрин материальнай-техническэй баазаларын хаҥатыыга туһуламмыт субсидиятын А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинэ (дир. Игнатий Слепцов) уонна С.Ф. Сивцев аатынан Баатаҕайдааҕы «Түмэн» норуот айымньытын киинэ (дир. Людмила Готовцева) ылары ситистилэр. Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр светодиоднай экран ыларга грант бэриллиэҕэ. Оттон Баатаҕайга уоттаах-күөстээх аппаратура кэлиэҕэ. Сыллата… (читать далее)
Быйыл биллиилээх олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сыла. «Олоҥхо Дьиэтэ» этнокультурнай киин көҕүлээһининэн аар-саарга аатырбыт «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо дьүһүйүүтэ туруорулунна. Манна кыттыыны ыллылар Тумуллааҕы «Айыллан» народнай театр артыыстара, Олоҥхо Дьиэтин, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара. Дьүһүйүүнү Тумул, Бэйдиҥэ, Бороҕон көрөөччүлэрэ биһирии, астына көрдүлэр. “Мүлдьү Бөҕө” олонхо сүрүн идеята – орто… (читать далее)
🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР: Соргу дугуй, барҕа баардый!Бүгүн ахсынньы ый 21 күнэ, чэппиэр. 🆕 Соҕуруу Корея Йонсей университетын учуонайдара 4 саастаах оҕо аҥардас хараҕын ойуутунан бу оҕоҕо аутизм ыарыыта көбөр кыахтааҕын-суоҕун быһаарар ньыма тобулбуттар, онуоха искусственнай өйү туттубуттар. Киһи хараҕа — мэйии сиэркилэтэ эбит, сетчатка уонна көрөр иэйиибит ньиэрбэтэ төрүөхпүтүттэн түөрт сааспытыгар диэри сайдар уонна хаһан… (читать далее)
Бэйдиҥэтээҕи Чэчир оҕо уһуйаанын төрөппүттэрэ ас арааһын, маанылааҕын кэлэн атыылаан оҕолоругар ыытар тэрээһиннэригэр үчүгэйкээн бэлэхтэри ылалларыгар үп- харчы киллэриннилэр. Онтон норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ сүрдээх үчүгэй оонньуулары оонньотон оҕолор үөрдүлэр-көттүлэр, бэлэх бөҕө туттулар. Дьэ ол кэннэ Тымныы оҕонньор сиэнэ Хаарчаана харыйа уотун уматта🎉🌲😍
🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР: Соргу дугуй, барҕа баардый!Бүгүн ахсынньы ый 20 күнэ, сэрэдэ. 🆕 Амыарыкаҕа аҕыйах хонуктааҕыта күүстээх торнадо түһэн улахан хоромньуну таһаара сырытта. Теннеси штат Кларксвилл диэн куоратын киин уулуссаларынан эрийэн-буруйан ааспыт. Дьиктитэ диэн, төһө да Амыарыка торнадо дойдутунан билиннэр, Теннеси диэн штатка хаһан да торнадо түспэтэх эбит, ол иһин идэлэринэн дьиэлэрэ хортуоҥка аҥардаах буолан,… (читать далее)
Якутские легкоатлеты приняли крайние старты в 2023 году☝🏼 Студент СВФУ им. М.К. Аммосова, мастер спорта РС(Я) по якутским прыжкам Ньургун Сокольников занял третье место на ежегодных Всероссийских открытых соревнованиях среди студентов по легкой атлетике в помещении «Звезды студенческого спорта». Традиционные соревнования прошли с 15 по 18 декабря в Москве на легкоатлетическом манеже Олимпийского центра имени… (читать далее)
🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР: Соргу дугуй, барҕа баардый!Бүгүн ахсынньы ый 19 күнэ, оптуорунньук 🆕 Турцияҕа түөрт энергоблоктаах «Аккую» диэн бастакы атомнай станция бастакы блога үлэҕэ киирэргэ бэлэмин туоһулуур көҥүлүн (ввод в эксплуатацию) ылла. Бу айдааннаах станцияны тутуу 2010 сылтан саҕаламмыта — ол сахтартан Европа Турцияҕа утарыласпыта, буолаары буолан Арассыыйалар туталлар диэн сөбүлээбэтэхтэрэ. Бу станция хапытаалын 51… (читать далее)
🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР: Соргу дугуй, барҕа баардый!Бүгүн ахсынньы ый 18 күнэ, бэнидиэнньик. 🆕 Гонконг учуонайдара аан бастакытын быар араагынан төрдүс түһүмэҕэр тиийэ ыалдьыбыт киһини эмтээтилэр. Кинилэр бастаан араак искэнэ кыччыырын курдук эминэн уонна араас терапиянан эмтээбиттэр. Искэн балтараа сантиметр кээмэйдээх буолбутун кэннэ, быарын бүтүннүү уларыппыттар. Билигин ыарыһах ремиссия бара сылдьар, туруга этэҥҥэ диэн үөрэ кэпсииллэр…. (читать далее)