МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЕЙДИГИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ А. П. ПЕТРОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ОЛЬТЕХСКИЙ НАСЛЕГ"

Сэргэх сонуннар ахсынньы 18 күнэ

🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР:

Соргу дугуй, барҕа баардый!
Бүгүн ахсынньы ый 18 күнэ, бэнидиэнньик.

🆕 Гонконг учуонайдара аан бастакытын быар араагынан төрдүс түһүмэҕэр тиийэ ыалдьыбыт киһини эмтээтилэр. Кинилэр бастаан араак искэнэ кыччыырын курдук эминэн уонна араас терапиянан эмтээбиттэр. Искэн балтараа сантиметр кээмэйдээх буолбутун кэннэ, быарын бүтүннүү уларыппыттар. Билигин ыарыһах ремиссия бара сылдьар, туруга этэҥҥэ диэн үөрэ кэпсииллэр. Быар араагынан ыалдьыбыт дьонтон 30 бырыһыана эрэ быара уларытыллар кыахтаах, ол даҕаны үксүн быыһаабат, араак син биир көбөн тахсар идэлээх эбит. Онон бу эмтээһин мөлүйүөнтэн биир түбэлтэ, табыллыы диэххэ сөп.

🆕 Париж Мэйии институн учуонайдара киһи салгына тиийбэккэ, тумнастан өлөр түгэнигэр «өлүү долгуна» хайдах барарын кэтээтилэр, уонна кырдьык, киһи өлүөн иннинэ хараҕар олоҕо барыта көстүөн сөбүн бигэргэттилэр. Барыта мэйии нейрон ньиэрбэлэриттэн тутулуктаах эбит. Киһи тыҥатыттан кислород курдары мэйиигэ тиийэн нейроннары «аһатар» эбит, кислород кэлбэт буолла даҕаны, нейрон аччыктаан хамсааһына үрдүүр, эти-сиини бүтүннүү хамсатар сигналлары ыытар, ол сигналга бэринэн мэйии үлэтэ эмиэ күүһүрэн ылар, оннук түгэҥҥэ киһи умнубут эбэтэр өйдөөбөт кэмнэрин, санаатын-оноотун барытын өйдөөн кэлиэн сөп үһү. Сигнал тарҕаныытын «өлүү долгуна» диэн ааттыыллар, ол долгун бүттэҕинэ, мэйии дьэ бэринэр, киһи өлөр.

🆕 «Биир Ньыгыл Баартыйа» бу өрөбүллэргэ съезд тэрийдилэр, уонна онно Путины мэлдьэҕэ суох бары өйүүллэрин биллэрдилэр. Баартыйалаахтар иннилэригэр Путин «Арассыыйа суверенитетын халбаһы туһугар биэриэ суоҕа. Ханнык да туора дойду сателлита (биир күүстээххэ сыста сылдьар, бас бэриммит) буолар кыаҕа суохпут. Биири өйдүөхпүтүн наада: Арассыыйа — туспа дойду быһыытынан эбэтэр баар, эбэтэр суох, атын көрүллүбэт» диэбит.

🆕 Үөһээ Дьааҥы улууһугар саамай тыйыс марафон буолан ааста, манна -45 кыраадыс тымныыга куорат олохтоохторо куоталастылар. Марафон, Саха сирин биир кырдьаҕас куората Верхоянскай 385 сылыгар анаабыттар. Хас киһи сүүрбүтэ, ким кыайбытын биллэрэ иликтэр.

🆕 Сахалары бу өрөбүллэргэ ордук бэлиитикэ буолбакка, хапсаҕай болҕомтолорун тарпыт буолуохтаах. Ол курдук Намҥа ыытыллыбыт Хапсаҕай федерациятын Кубогар уон хамаанда, уон араас улуустан бөҕөстөр мустаннар күрэстэстилэр. Кыратык кэпсии түһэр буоллахха, Федерация Кубогар күрэх 1998 сылтан ыытыллар, үксүгэр Үөһээ Бүлүүлэр уонна Мэҥэ-Хаҥаластар кыайыылаах тахсар эбиттэр. Күрэх хаһаайыттара Намнар 2021 сыллаахха кыайа сылдьыбыттар. Бу сылга Бүлүү улууһа — 3 миэстэ, хаһаайыттар Намнар — 2 миэстэ, уонна 1 миэстэ 2019 сылтан ыла кыайыы амтанын билбэтэх Үөһээ Бүлүүлэр Кубогу өрө көтөҕөр чиэскэ тигистилэр.

Киһи олоҕо табылларыгар туох да кистэлэҥ, ап-хомуһун эбэтэр дьикти күүс суох. Табыллыы — күн тура-тура соругу ситэргэ дьулуһууттан тахсар! Ситиһиини!

Сонуннары тистэ, тылбаастаата:
ДьолуКуус

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong> 

sunny leone face porn-tube-box.com chikeko video naruto hentai doujin hentaicraft.net danmachi ryuu hentai zxxxx sexotube.info indian hot videos.com 19歳hカップド素人 お〇んこ舐めて下さいとお願いする極上お〇んこのむっつりスケベ娘をハメ倒す sakurajav.mobi 川栄ちはや abot kamay na pangarap november 3 2022 teleseryerewind.com miss universe celeste
وردة الجزائرية سكس pornarabic.net نسوان عريانه افلام سكس المنصورة radarporn.com سكس سانى xnxx.com rape clasporno.org www.xnxx.vom xxxsex pornous.net vivegam video songs theindiansex teenporntrends.com rape indian xxx video
helmet brands ph pinoyteleseryehd.net darna january 9 2023 full episode لانا رودز pornosex18.org طيزو punjabi aunty nude vegasmovs.org hebba patel nude indian pron vidios erobigtits.info wwwxxxporn نيك فنانات gottorco.com متعه النيك