🌏📰📌🔎 СЭРГЭХ СОНУННАР: Соргу дугуй, барҕа баардый!Бүгүн ахсынньы ый 14 күнэ, чэппиэр. 🆕 Учуонайдар сүбэлииллэр — ытырдары тута сатаамаҥ. Ытырдар кэмҥэ киһи тыҥатыгар сөкүүндэҕэ 120 миэтэрэ түргэтиир салгын үөскүүр эбит. Ону туттаххына, баттааһын түмүгэр түргэтээһинэ хас да бүк эбиллиэн сөп үһү. Бу соторутааҕыта биир эр киһи ытырдыытын тутан трахеятыгар 2 миллиметрдаах дьөлөҕөс үөскэппит, хата анал… (читать далее)
Ахсынньы 12 күнүгэр Уус Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгин туһунан биэриигэ, А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин директора Игнатий Слепцов, ону тэҥэ ырыа айааччы Ефим Дегтярев Дуораан араадьыйаҕа, бэйэлэрин олохтоох мелодистарын тустарынан сырдатыыны оҥордулар. Сиһилии аудиозаписка истиэҕиҥ. Радиорепортаж 1. Мария Семеновна Местникова. 1.1. Автор тыллара, матыыба «Кыргыттарыам» Төрөппүт кыыһа Анастасия Варламова толоруутугар истэбит. 1.2. Автор тыллара,… (читать далее)
Ахсынньы 4-5 күннэригэр Дьокуускай куоракка араас дойду эпостарын сырдатыы түһүлгэтэ буолан ааста.Өлтөх нэһилиэгиттэн Игнатий Слепцов — саха норуотун ырыаларын араастарын туһунан кэпсээтэ.Федот Винокуров — киэҥ түһүлгэҕэ саха тыйаатырын саалатыгар хомус тардан дьон сэҥээриитин ылла.Өлтөх нэһилиэгиттэн төрүттээх Кондратий Герасимов олоҥхолоон доллоһутта — сылын ахсын тупсан иһэрин туһунан дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Ахсынньы ый 1 күнүгэр Афанасий Прокопьевич Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин дьиэтэ 55 сылын бэлиэтии уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын түмэр күнэ буолан ааста.Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Өлтөх нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта Ирина Спартаковна Сивцева, Өлтөх нэһилиэгэр 20 сыл устата баһылыктаабыт, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Николай Николаевич Сивцев, СӨ култууратын туйгуна, култуура бэтэрээнэ Мария Николаевна Никонова, Бэйдиҥэтээҕи… (читать далее)
🎼Ахсынньы 2 күнүгэр Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» с.к. буойун-поэт, тылбаасчыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ И.И.Артамонов хоһоонноругар «Алааһым иһит э5эрдэлээх ырыабын»* дуэтынан толорууга улуустаа5ы ырыа күрэ5э 5-с төгүлүн ыытылынна. Быйылгы ырыа күрэ5э поэт 95 сылыгар ананна уонна урукку тэрээһиннэртэн уратыта диэн икки бөлө5үнэн ырыаны дуэтынан толоруу буолла. И.И.Артамонов аатынан олохтоох библиотека5а поэт үлэтин,… (читать далее)
Ахсынньы 1 күнүгэр Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ образцовай «Кэскил» хомусчуттар ансамбылларын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, «Ситим» хомусчуттар ансамбылларын төрүттээччи, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо МАРИЯ МИХАЙЛОВНА СОЛОВЬЕВА аатынан ыытыллыбыт «ХОМУС СИТИМЭ» 1-кы илин эҥэр хомусчуттарын күөн-күрэһигэр, А.Н.Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрин «КҮНЧЭЭН» бөлөҕө , бөлөҕүнэн толорууга 1 степеннаах дипломант үрдүк аатын ылан кэллЭ, ону таһынан… (читать далее)
Сэтинньи 29 күнүгэр Ырыа куттаах Найахыларга ыалдьыттаата ыраах Таас Дьааҥы эҥсиллэр куоластаах ырыаһыта, олоҥхону айааччы, олоҥхону суруйааччы, утум олоҥхоһут, Дьааҥы биир биллэр олоҥхоһутун Слепцов Гаврил Иннокентьевич — Хаһаах оҕонньор сиэнэ дьиҥ сахалыы тыыннаах кэпсээннээх, айдарыылаах, талааннаах ырыаһыт, олоҥхоһут СЛЕПЦОВА САРГЫЛАНА СЕМЕНОВНА — Хатан Кылаан уонна Бэйдиҥэ сынньалаҥ киинин дириэктэрэ, Олоҥхо ыһыахтарын кыттыылааҕа, призера Игнат Васильевич… (читать далее)
Олоҥхо кэрэ эйгэтэ Быйыл Өлтөх нэһилиэгэр Сахабыт сирин биллэр олоҥхоһута Д.М.Говоров төрөөбүтэ 175 сылынан даҕатан, ыраах Таас Дьааҥы эҥсиллэр куоластаах ырыаһыта, олоҥхону айааччы, олоҥхону суруйааччы, утум олоҥхоһут, Дьааҥы биир биллэр олоҥхоһутун Слепцов Гаврил Иннокентьевич — Хаһаах оҕонньор сиэнэ Слепцова Саргылана Семеновна — Хатан Кылаан ыалдьыттаан ааста. Бастакы күн Д.М.Говоров төрөөбүт түөлбэтигэр хоноот улууспут киинигэр киирэн… (читать далее)