Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» сынньалан киинигэр бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, олоҥхо декадатын чэрчитинэн тэрээһин буолла. «Өлтөх нэһилиэгин олоҥхоһуттара», «Олоҥхо о5о хара5ынан», улуу олоҥхоһут Д.М.Говоров — Олоҥхоьут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылынан кинигэ быыстапката турда.Кэлбит дьону арчылаан, алаадьылаах саламаатынан айах тутан кундулээн декадабытын астыбыт.«Тыыннаах тыл — олоҥхо» видео көрдөрүлүннэ. Сергей Степанович Васильев — Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан… (читать далее)
Сэтинньи ый 24 күнүгэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров- олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылыгар аналлаах «Олоҥхону толорууга утумнаахтык» улуустааҕы оҕолор ортолоругар олоҥхону толорууга күөн күрэскэ Дайаана Григорьева Чыпчаал 3 степенин ылла, Мичийэ Андросова кыттыытын иһин туоһу суругунан бэлиэтэннэ👏🏻👏🏻👏🏻Салайааччылара СӨ үөрэҕирии туйгуна Зоя Иннокентьевна Шепелева.
Сэтинньи ый 24 күнүгэр Саха сирин оһуохайын Дархан этээччитэ, олоҥхону толорооччу, СӨ культуратын туйгуна Семен Ильич Черноградскай төрөөбүтэ 75 сааһынан, олоҥхо декадатын чэрчитинэн Уус Алдан улууһугар «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин ыыппыт «Дьиэрэй» фольклорнай күрэҕэр «Чобуо» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө Аржакова Майя Иннокентьевна салайааччылаах 1 үрдэл, хомуска кыттан Федот Винокуров 2 үрдэл, норуот ырыатыгар Игнатий Слепцов 3 үрдэл… (читать далее)
Сэтинньи ый 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арассыыйаҕа Уһуйаан уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» чабырҕаҕы толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэригэр «Чобуо» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө салайааччы Аржакова Майя Иннокентьевна кэтэхтэн кыттаннар «Былыргылыы тыллаах чабырҕахсыттар» анал ааты ылары ситистилэр.
🎉🎊🎉🎊🎉🎊🎉Алтынньы 27 күнүгэр «Эйгэ» с.к. «ИЙЭ МИЧЭЭРЭ» декаданы түмүктүүр дьоро киэһэҕэ уолаттарбыт уонна күүстээх аҥардарбыт, Бэйдиҥэттэн ыалдьыттарбыт И. Румянцев, А. Лугинов кыттыыны ыллылар. Ырыа-үҥкүү аргыстаах, сурэҕи долгутар аудионан экраҥҥа хоһоон бэлэхтээх, таабырын таайсыылаах кэнсиэри Н.Петров, С.Захаров иилээн-саҕалаан ыыттылар. Саалаҕа мустубут ийэлэр, көрөөччүлэр ытыс тыаһын харыстаабакка сыанаҕа бастакытын тахсар кыракый кыттааччылары сэргээтилэр, ылбаҕай ырыалаах ыалдьыттарбытын астыннылар.Кэнсиэр… (читать далее)
Алтынньы 21 күнүгэр А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр аҕам саастаах дьоммут декадаларын түмүктүүр , Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын күнүн, ону тэҥэ саҥа тахсыбыт биир дойдулаахпыт Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Николаевна Винокурова «Үлэни өрө туппут көлүөнэ» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Тэрээһин саҕаланыыта «Ааспыт кэм ахтылҕана» диэн фотозонаҕа кэлбит ыалдьыттары мунньан, анал түһэрии олохтонно. Тэрээһин бастакы… (читать далее)
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан тустуук Айаал Лазаревка уонна сүүрүк Сардаана Трофимоваҕа Азиатскай оонньууларга ситиһиилээхтик кыттыбыттарын иһин биирдии мөлүйүөн солкуобайы туттарда. Бу туһунан СИА суруйар. Саха спортсменнарыгар Азиатскай оонньуулар түмүктэринэн ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр харчынан бириэмийэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Маны таһынан спортсменнар тириэньэрдэригэр, ол иһигэр Иван Сивцевка уонна Татьяна Жирковаҕа 500-түү тыһыынча солкуобайы… (читать далее)
💐🌹💐🌹💐🌹💐🌹«ЭЙГЭ» сынньалаҥ киинэ«ИЙЭ МИЧЭЭРЭ» ийэ күнүгэр аналлаах декада аһыллыытыгар оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйаан иитиллээччитэ Валя Черемкина уонна эдэр ийэлэр кыттыыны ыланнар бэрт сэргэх тэрээһин буолла.«Ийэҕэ эҕэрдэ» музыкальнай номердары 9 кылаас үөрэнээччитэ Сайаан Захаров ыытта.«Ийэ оҕотунаан» оонньуулар ыытылыннылар,ийэлэр оҕолорун «Сладости от мам» минньигэс аһынан күндүлээтилэр.Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт төрөппүт комитетыгар (сал. Е. Е. Сивцева), бары кыттыыны ылбыт ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр… (читать далее)
💠💠💠Арыылаахтааҕы «Эйгэ» с.к, алтынньы 18-күнүгэр, «Үлэнэн дьоллонон» тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытылынна.Тыа хаһаайыстыбытыгар өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит ветераннарбытыгар анаан эҕэрдэ номердар, Игнатий Васильевич Слепцов ыҥырыаттан мүөтү ылыыга маастар кылаас көрдөрдө. Бастаан хайдах ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаммытын, туох ыарахаттары көрсүбүтүн кэпсээн кэлбит дьон интэриэһин тарта.Маны таһынан мүөт, воскаттан оҥоһуллубут чүмэчини атыыластылар.Сынньалан курэхтэьиитэ ыытылынна, ол курдук… (читать далее)
Алтынньы 10 кунугэр Арыылаахтааҕы «Эйгэ» сынньалан киинигэр сааһырбыттар декадаларын түмүктүүр «Сиэдэрэйкээн саастарым» тэрээһин буолла. «Арчы» сааһырбыттар түмсүүлэрэ, «Ырыам уонна сибэкки» вокальнай ансамбль ветераннара уонна ыаллыы сытар Сыырдаах бөһүөлэгиттэн «Сайылык Далбардара» түмсүү сынньалан киэһээтигэр итии чэй тула муһуннулар. Түмсүүлэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр, слайданан кэпсээтилэр, түмсүү ветераннара дьарыктарын көрдөрөр быыстапкалара туруорулунна.Дьон талаанын сө5ө-махтайа көрдүлэр. Уустар, иистэнньэннэр, о5уруочуттар, коллекционердар,… (читать далее)