Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» сынньалан киинигэр бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, олоҥхо декадатын чэрчитинэн тэрээһин буолла. «Өлтөх нэһилиэгин олоҥхоһуттара», «Олоҥхо о5о хара5ынан», улуу олоҥхоһут Д.М.Говоров — Олоҥхоьут Миитэрэй төрөөбүтэ 175 сылынан кинигэ быыстапката турда.
Кэлбит дьону арчылаан, алаадьылаах саламаатынан айах тутан кундулээн декадабытын астыбыт.
«Тыыннаах тыл — олоҥхо» видео көрдөрүлүннэ. Сергей Степанович Васильев — Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан кукольнай олоҥхо көрдөрүлүннэ.
Кукольнай театры бэлэмнииргэ күүс-көмө буолан иистэммит Марфа Кириллова5а, Анна Докторова5а, Валерия Кириллова5а Ольга Окоемова5а, уһаммыт Николай Петровка, олоҥхону аа5ан, тойугу туойан аудио5а устан ыыппыт студеннарбытыгар Айтал Карамзинна, Олег Докторовка, Лада Габышева5а, олоҥхону тар5атааччылар Игнатий Слепцовка, Кондрат Герасимовка, Ольга Окоемова5а, куукуланан олоҥхо персонажтарын хамсатыыга көмөлөспүт Мария Докторова5а, Нюргуяна Захарова5а, саламаат, алаадьы астаабыт Надежда Попова5а, Анна Докторова5а (Дайыы) бар5а махталбытын тиэрдэбит.
Улуустаа5ы олоҥхо дьиэтин специалистара Матрена Герасимова, Елизавета Данилова сүбэ-ама буолан куукуланан олоҥхо туруута ситиһиилэннэ. Инникитин да5аны саха норуотун тылынан баайа олоҥхо сайдыытыгар уонна олоҥхону истээччи, сэҥээрээччи элбииригэр бары күүспүтүн түмүө5үн диэн ыҥырабыт🙌