Олоҥхо кэрэ эйгэтэ
Быйыл Өлтөх нэһилиэгэр Сахабыт сирин биллэр олоҥхоһута Д.М.Говоров төрөөбүтэ 175 сылынан даҕатан, ыраах Таас Дьааҥы эҥсиллэр куоластаах ырыаһыта, олоҥхону айааччы, олоҥхону суруйааччы, утум олоҥхоһут, Дьааҥы биир биллэр олоҥхоһутун Слепцов Гаврил Иннокентьевич — Хаһаах оҕонньор сиэнэ Слепцова Саргылана Семеновна — Хатан Кылаан ыалдьыттаан ааста.
Бастакы күн Д.М.Говоров төрөөбүт түөлбэтигэр хоноот улууспут киинигэр киирэн Улуустааҕы фольклорнай күрэх кытааччыларын көрсөн Дьааҥылыы үгэни толорон сэргэхситтэ, улуустааҕы олоҥхо дьиэтин Кэрэ эйгэтин үлэһитэрин кытары сирэй көрсөн кэпсэтистэ, билистэ.
Бу күн Сэһэн Ардьакыап аатынан Улуустааҕы түмэлгэ сылдьан Дьааҥы олоҥотун уратыларын, Дьааҥылыы тойук уратытын билсиһиннэрдэ, үөрэппит үөрэнээччитэ Игнатий Слепцов Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин директора Хабарҕа, Таҥалай, Мурун ырыаларын туһунан кэпсээтэ, хайдах толорулларын туһунан толорон көрдөрдө.
Иккис күн Мүрү нэһилиэгин ытык ыалыгар, Өлтөх нэһилиэгин төрүт олохтооҕор Матрена Семеновна айыы далбар тусаһатыгар ыалдьыттаатылар, олоҥхо эйгэтин тула кэпсэтии, Дьааҥы былыргы ырыаларын тойуктарын толорон иһитиннэрдилэр, Хаһаах оҕонньор олоҥхотун дириҥник үөрэппит Игнатий Слепцов толорон иһитиннэрдэ, бу олоҥхо салгыытын сиэнэ Саргылаана Слепцова тус бэйэтэ айбыт олоҥотун туһунан кэпсээтэ. Ол кэннэ Саргылаана Семеновна бэйэтэ Баатаҕайдааҕы библиотека кыраайы үөрэтэр салаа библиотекара, онон хайаан да маннааҕы библиотека үлэһиттэрин кытта көрсүөхпүн наада диэн, эмиэ сүрдээх үчүгэй ураты тыынаахтык салайтаран үлэлии олорор эйгэ үлэһиттэрин кытары санаа атастаста, бэйэтин билсиһиннэрдэ. Бу көрсүһүүгэ кэлбит эрэ барыта Дьааҥы олоҥхотун уратытын ис дьиҥин дьиҥ анал үөрэхтээх олоҥхоһут Игнатий Слепцов толоруутугар көрдүлэр-иһиттилэр, ону тэҥэ Игнатий Слепцов бэйэлээх бэйэтин Эбэтэ Кустуй Маарыйа ырыаларын ыллаан иһитиннэрэн киэҥ сэҥээриини олохтоото.
Үһүс күн А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр Өлтөх нэһилиэгин олохтоохторун кытары көрүстүлэр, алын кылаас үөрэнээччилэриттэн, саастаахтарга тиийэ олоҥхо ураты тыынын, олоҥхоһуту тутан-хабан туран иһиттилэр.
Ол кэннэ Бэйдиҥэҕэ ыраах Дьааҥыттан кэлэн олохсуйбут биир дойдулаахтарыгар Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ тиийэн Олоҥхо кэрэ киэһэтин олохтоотулар, Дьааҥы тыынын иҥэрэн аастылар.
Төрдүс күн, хара сарсыардаттан А.Н.Жирков аатынан Бэйдиҥэтээҕи орто оскуола үөрэнээччилэрин барыларын спорт саалаҕа мунньан, Олоҥхо туһунан, чуолаан Дьааҥы фольклорун сырдатан аастылар.
Ол кэннэ ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгэр Чүүйэ сиригэр уотугар ыалдьыттатылар. Балаҕан иһэ тобуус толору, киһи хаанан да батан турбат гына олохтоохтор, оскуола оҕолоро мустубуттар. Бастаан олохтоохтор бэйэлэрин олоҥхоһуттарын туһунан сырдатыы оҥордулар, салгыы Дьааҥы олоҥхото дуорайда, бу манна биир сонун көстүүннэн Дьааҥы олоҥотун сүмэтин иҥэринэ сылдьар Майаҕа кэлэн олохсуйбута ырааппыт Ульяна Стручкова Ийэ олоҥхоһут Д.А.Томская — Чаайка Даарыйа «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Хоодьугур» диэн олоҥхотун толорон иһитиннэрдэ, ураты дорҕоон абылаҥа кэлбит ыалдьыттары сөхтөрдө. Салгыы Майатааҕы киин библиотекаҕа олус иһирэх истиҥ кэпсэтии буолла, Таастаах Дьааҥы олоҥхото, ырыата-тойуга сүрүк кутуллар эҥсиллэр дорҕоонунуу таастаан-тааска охсуллар өй дуорааныныы дуораһыйа киэҥ куйаар устун дуораһыйда.
Сонуннарга анаан Өлтөх олохтоох прессата.