Алтынньы 21 күнүгэр А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр аҕам саастаах дьоммут декадаларын түмүктүүр , Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын күнүн, ону тэҥэ саҥа тахсыбыт биир дойдулаахпыт Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Николаевна Винокурова «Үлэни өрө туппут көлүөнэ» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Тэрээһин саҕаланыыта «Ааспыт кэм ахтылҕана» диэн фотозонаҕа кэлбит ыалдьыттары мунньан, анал түһэрии олохтонно. Тэрээһин бастакы чааһын, аһыллыытын, үтүө көрдөрүүлээх үлэһиттэри чиэстээһини, махтал суруктары туттарыыны, Бэйдиҥэтээҕи НАК уус-уран салайааччыта Майя Аржакова иилээн-саҕалаан ыытта.
Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарыгар Владимир Никитич Пестряковка, Николай Егорович Грязнухиҥҥа, Николай Николаевич Сивцевка, Сергей Сергеевич Григорьевка, Семен Афанасьевич Охлопковка, Мария Гаврильевна Чуруковаҕа махтал суруктар туттарылыннылар. Е.Н.Винокурова Саха Өрөспүүбүлүкэтин профсоюһун мэтээлэ наҕараада туттарылынна.
Аҕам саастаахтар олохтоох дьаһалта уонна норуот айымньытын үлэһиттэрэ бэлэмнээбит баай астаах сандалы тула олорон оҕо саастарыттан саҕалаан, колхоз ыар үлэтин түгэннэриттэн сырдатыылары оҥордулар, ол барыта олохтоох фондаҕа хааларын туһуттан видеозаписька уһулуллан өр сыллаах хараллыыга ананыаҕа.
Евдокия Николаевна кинигэтин сүрэхтэниитин Өлтөх нэһилиэгин музейын сэбиэдиссэйэ Ульяна Ивановна олус сэргэхтик тэрийэн ыытта. Евдокия Николаевна кинигэ таһаарытыгар сүдү кылааттарын киллэрсибит дьонугар Марфа Одорусоваҕа, Мария Николаевнаҕа, Ульяна Беловаҕа барҕа махтал тылларын эттэ. Тэрээһин устатын тухары Бэйдиҥэ олохтоохторуттан хомуллубут эргэрбит хаартыскалар күлүктэрэ, ону тэҥэ билигин олохтоохтук тыа хаһаайыстыбатынан киэҥ далааһыннаахтык үлэлии олорор хаһаайыстыбалар тустарынан хаартыскалар дьон-сэргэ сэҥээриитин тарта.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттар биир-биир сыанаҕа тахсан урут хайдах үлэлээн-хамсаан ааспыттарын туһунан иһитиннэрии, ону тэҥэ бүгүҥҥү күн ытык киһитигэр сэмэй бэлэхтэрин ууннулар. Тэрээһиҥҥэ олус үчүгэй ырыалар ылланнылар, үҥкүүлэр көстөн аастылар, биир чаҕылхай нүөмэри быйыл Бэйдиҥэҕэ история учууталынан ананан кэлбит Федот Винокуров алыптаах хомуһун тыаһа дьүрүһүйэ дуорайан, дьон кутун-сүрүн долгутта, уҕараабат ытыс тыаһын олохтоото. Алексеева Ирина Гаврильевна салайаачылаах 4 кылаас үөрэнээччилэрэ сыанаҕа тахсан «Саадьаҕай оҕус» диэн ырыаны өрө көтөҕүүлээхтик толордулар, Валентина Гаврильевна Винокурова салайааччылаах 5 кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин эҕэрдэлэрин, хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр, бэрт сэргэх көстүүнү Дайаана Григорьева Прокопий Ядрихинскай — Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотуттан быһа тардан иһитиннэрдэ, этэр тылын тэтимин таба туттуута, туттан-хаптан олоруута, ырыатын-тойугун толоруута кэрэтинэн улахан инникилээх ыччат тахсан эрэр туоһутунан буолла. Дайаана салайааччыта Зоя Иннокентьевна Шепелева. Кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээн А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи НАК директора Игнатий Слепцов «Ат сүүрдүүтэ» диэн авторскай ырыатын бэлэхтээтэ. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Евдокия Винокурова сиэнэ Владимир Федоров Байбал Сэмэнэп «Эбэм эмээхсин» диэн ырыатын гитараҕа оонньоон, ыллаан, бар дьоҥҥо бэлэх уунна.
Кэлбит эрэ ыалдьыт барыта тэрээһин хаамыытын үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын туһунан ыйдылар.
Евдокия Винокурова кинигэтин сүрэхтэниитигэр күүс-көмө, өйөбүл буолбут биир дойдулаахтарыгар, үөлээннээхтэригэр, олохтоох дьаһалтаҕа, Бэйдиҥэ кулуубун үлэһиттэригэр махтал тылларын эттэ, сэмэй бэлэхтэрин туттарда.
«Суруллубут суоруллубат» дииллэринии Өлтөх сиригэр өссө биир дьоһун кылаат, урукку кэм туһунан матырыйааллардаах 200 страницалаах, халыҥ тастаах, хаартыскалардаах дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэни Автор бэйэтин үбүнэн 37 ахсааннаах таһаартаран кинигэҕэ киирбит үөлээннээхтэригэр, олорон ааспыт дьон сиэннэригэр бэлэх унна. Кинигэҕэ анал сыһыарыы быһыытынан Игнатий Слепцов кинигэҕэ киирбит хаартыскалары түмэн слайд оҥорон, ону тэҥэ кинигэ бэйэтин электроннай варианын дискаҕа түһэрэн киллэртэрдэ, кэлбит ыалдьыттарга бэлэх быһыытынан туттарылынна.