🎼Ахсынньы 2 күнүгэр Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» с.к. буойун-поэт, тылбаасчыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ И.И.Артамонов хоһоонноругар «Алааһым иһит э5эрдэлээх ырыабын»* дуэтынан толорууга улуустаа5ы ырыа күрэ5э 5-с төгүлүн ыытылынна. Быйылгы ырыа күрэ5э поэт 95 сылыгар ананна уонна урукку тэрээһиннэртэн уратыта диэн икки бөлө5үнэн ырыаны дуэтынан толоруу буолла. И.И.Артамонов аатынан олохтоох библиотека5а поэт үлэтин, оло5ун туһунан дириҥ ис хоһоонноох быыстапка турбутун кэлбит кыттааччылар билистилэр.
Күрэх аһыллыытыгар аймахтар ааттарыттан Анна, Иннокентий Артамоновтар ахтыы оҥорон ылба5ай ырыаларын бэлэхтээтилэр, поэт тапталлаах кэргэнэ Муза Ивановна аудио э5эрдэтин, махталын культура управлениятыгар, библиотека үлэһиттэригэр, Өлтөх нэһилиэгин дьаһалтатыгар, күрэх кыттааччыларыгар, тэрийэр бөлөххө долгуйан туран иһитиннэрдэ. Бэйдиҥэтээ5и А.П. Петров аатынан норуот айымньытын киинин директора Игнатий Слепцов авторскай ырыатынан э5эрдэлээтэ. Гала-концеры көрө мустубут дьоҥҥо Өлтөх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Иванович Артамонов тыл эттэ, дьонугар-сэргэтигэр э5эрдэтин тиэртэ. Мелодист Василий Федоров баяҥҥа до5уһуоллаан ырыанан ситэрэн э5эрдэлээтэ.
Күрэх түмүгүнэн
Гран-При:
Мария Лукачевская
Анна Макарова
(Өнөр) И.И.Артамонов кэргэнэ Муза Ивановна, о5олоро олохтообут телевизор бириистэрэ туттарылынна.
1кы бөлөххө:
Лауреат 1 үрдэлэ:
Айтал Карамзин
Марат Дьячковскай
(Арылах) А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээ5и норуот айымньытын киинэ, *»Астык»* магазин (А.А.Андросова) олохтообут бириистэрэ.
Лауреат 2 үрдэлэ:
Николай Лыткин
Максим Федоров
(Өнөр) ИП А.А.Протопопов, *»Шишкин дом»* тутуу хампаанньата (ИП И.П.Данилов) бириистэрэ.
2-с бөлөххө: 🎤🎤
Лауреат 1 үрдэлэ:
Анна Федорова
Матрена Герасимова (Боро5он) ОЭСКШИ (директор Н. К. Колодезникова), Артамоновтар аймах бириистэрэ.
Лауреат 2 үрдэлэ:
Прасковья Данилова
Екатерина Румянцева
(Бэйдинэ) «Эйгэ» сынньалан киин бириистэрэ.
Лауреат 3 үрдэлэ:
Лилия Бурцева
Анна Неустроева
(Сыырдаах) Артамоновтар аймах, «Арчы» магазин (ИП Говорова Д.И.) бириистэрэ
Лауреат 3 үрдэлэ:
Мария Говорова
Александра Саввина
(Арылах) Артамоновтар аймах бириистэрэ.
Дипломант 1 үрдэлэ:
Ольга Колодезникова
Майя Аржакова
(Бэйдинэ) Артамоновтар аймах бириистэрэ туттарылыннылар.
Анал ааттар:
«Көрөөччү биһирэбилэ»
Прасковья Данилова
Екатерина Румянцева
(Бэйдинэ) «Эйгэ» магазин бирииһэ
«Кынаттаах ырыаны көтүтээччилэр»
Матрена Герасимова
Анна Федорова
(Боро5он) ОЭООШ, «Кэнчээри» уьуйаан бириистэрэ.
Өйдөбүнньүк бэлэхтэр:
Баяҥҥа до5уһуоллаабыт Василий Федоровка (Өлтөх нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын бирииһэ, А.Н.Жиркова-Дьүөрэл «Күннээх ыллыктарым» ырыанньыга туттарылынна)
Иилээн-са5алаан ыыппыт конферанспытыгар Валентина Лугинова5а (мелодист М.К.Говорова бирииһэ )
Дьүүллүүр сүбэ5э үлэлээтилэр:
Россия журналистарын союһун чилиэнэ, «Тойон Мүрү» мелодистарын түмсүүтүн чилиэнэ Иннокентий Артамонов,
А.П.Иванов аатынан Бэрт-Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» с.к. хормейстера Эрхаан Слепцов,
«Тойон Мүрү» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ Екатерина Артамонова
(Өлтөх нэһилиэгин дьаһалтатын, ырыаһыт, тойуксут И.Н.Гоголева аатынан о5олоро олохтообут бириистэрэ, «Эгэлгэ» магазин бириистэрэ туттарылынна. «Тойон Мүрү» мелодистар түмсүүлэрэ ырыанньыга, А.Н.Жиркова «Күннээх ыллыктарым» ырыанньыга эдэр специалиһа Эрхаан Слепцовка автор аатыттан бэлэхтэннэ)
Ону таьынан И. Артамонов хоьоонноругар «Ыллыыр миэхэ куерэгэй» ырыанньыга хас биирдии кыттааччыга бэлэхтэннэ.
Бу күрэх сүрүн бирииһин олохтообут, поэт хоһооннорунан ырыанньыгы 40 шт бэлэх ууммут Иннокентий Артамонов олоҕун аргыһыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунугар Муза Ивановнаҕа, оҕолоругар уонна аймахтар бириистэрин олохтообут Юрий Иванович, Иван Федорович, Яков Николаевич, Илья Иванович, Афанасий Иннокентьевич Артамоновтар ыччаттарыгар бар5а махталбытын тиэрдэбит. Аймахтар а5а көлүөнэ үлэһит династия дьоннорунан биллэллэр. Ол курдук Юрий Иванович- Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтоо5о, советскай — партийнай салайааччы,
Илья Иванович — Кыһыл Сулус орден кавалера, культура үтүөлээх үлэһитэ, Найахы хорун төрүттээбит салайааччы,
Афанасий Иннокентьевич — Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар До5ордоһууларын орденнар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх сылгыһыта,
Слепцова Зинаида Ивановна — Саха республикатыгар о5ону иитиигэ үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына.
Тэрээһини ыытарга куруук күүс-көмө буолар Өлтөх нэһилиэгин дьаһалтатыгар, тэрилтэлэрбитигэр П.П.Пестряков аатынан Орто — Эбэ сүрүн оскуолатын коллективыгар (дир. Саввина Н.Н.), «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын коллективыгар (сэб. Бурнашева А.Д.), Орто-Эбэ анал коррекционнай интернат-школа коллективыгар (дир. Колодезникова Н.К.), биирдиилээн спонсордарбытыгар, көрдөһүүбүтүн быһа гыммат дьоннорбутугар А.Д.Саввина5а, А. Г.Докторова5а, М.Г.Докторова5а, М.И.Кириллова5а, О.С.Окоемова5а «Ырыам уонна сибэкки» вокальнай ансамбль кэрэ аҥаардарыгар тэрийэр бөлөх аатыттан бар5а махталбытын тиэрдэбит.
Бу курдук ырыа туһулгэтэ, ырыа дьоро күнэ үрдүк таһымҥа ааста.