Муус устар 27 күнэ- Саха Республикатын күнүн көрсө Арыылаах бөһүөлэгэр «Эйгэ» сынньалаҥ киинигэр Өлтөх нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын үҥкүү бөлөхтөрө «ҮҤКҮҮЛҮҮР ӨЛТӨХ» акция кэнсиэри икки сиринэн көрдөрдүлэр. Бу өрөгөйдөөх күҥҥэ «Таптыыбын төрөөбүт дойдубун» быыстапка5а «Эйгэ» с. к. иһинэн үлэлиир «Сиэдэрэй иис» түмсүү (салайааччы Иванова А. П.) Саха сирин картатын тигэн дьон көрүүтүгэр таһаардылар. «Арчы» сааһырбыттар түмсүүлэрэ… (читать далее)
Муус устар 27 күнүгэр Өлтөх сиригэр уотугар Өрөспүүбүлүкэбит күнүн өрө көтөҕүүлээхтик көрүстүбүт.Кэлбит ыалдьыттары саха сиэринэн боҕуркоскай отунан сыт таһааран, арыылаах алаадьынан айах тутан көрсүү ыытылынна.Өрөспүүбүлүкэбит былааҕын олохтоох баһылык Константин Анатольевич Алексеев, ону тэҥэ өр сылларга үлэлээбит аҕа баһылыкпыт, муниципальнай сулууспа туйгуна бэлиэ хаһаайына Николай Николаевич Сивцев өрө күөрэттилэр. Ол кэмҥэ Саха сирин өрөгөйүн ырыата ылланна.Аҕа… (читать далее)
Сандал сааскы күҥҥэ, муус устар 11 күнүгэр, Арыылаах бөһүөлэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Булчут күнүнэн», улууспутугар «Аҕа сылынан» нэһилиэкпитигэр хаһыс да сылын ыытыллар күрэҕи салҕаан, быйылгы күрэҕи кадровай булчут, үлэ, тыыл ветерана ПАВЕЛ ПАВЛОВИЧ СИВЦЕВ (БАЙБАЛ) сиэннэрэ, тэрийэр бөлөх көҕүлээһиннэринэн «БАЙАНАЙ-2024» тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэрт сэргэхтик ыытылынна.Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн киэргэйбит Орто-Эбэ күөлүгэр дьон-сэргэ сыыйа — баайа мустан истилэр…. (читать далее)
РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,Саха АССР искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ,Үлэ «Кыһыл знамя» уордьанын икки төгүллээх кавалера,Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, норуот ырыаһытаСергей Афанасьевич Зверев- Кыыл Уолун сүдү талааныгар сүгүрүйэн,125 үбүлүөйдээх сылын көрсө“ТОҔУС ОҺУОРДААХ ТҮҺҮЛГЭ”өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күөн күрэһэ саҕаланна.Өрөспүүбүлүкэтээҕи “САХА ЫЛЛЫЫР ЫРЫАТА”күрэһигэр НОРУОТ ЫРЫАТЫН сөргүтүүгэ сүүнэ кылааттаах КУСТУЙ МААРЫЙА ЫЧЧАТТАРА бүгүн сыана бастыҥ киэргэллэрэ!«Оҕо… (читать далее)
«Сааскы бэтиэхэлэр» Попов Федот Федотович кэриэһигэр үһүс төгүлүн ыытыллыбыт улуустааҕы көр-күлүү күрэҕэр, А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир «Айуу, чэ» көр күлүү куруһуога🎭🤹🏽♂️ баран кыттан Дипломант 1 степени ылан кэллэ👏🏻👏🏻👏🏻Конкурска баран кыттыыны ыллылар Аржакова Майя Иннокентьевна, Охлопкова Полина Гаврильевна, Сивцева Прасковья Васильевна, Горохова Варвара Павловна, Андросов Дмитрий Семенович.
⚜️🔱⚜️🔱⚜️🔱⚜️Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Уус Алдан улууһугар Аҕа сылларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн «Мин аҕам» диэн алын сүһүөх кылаас оҕолоругар уруһуй күрэҕин ыыттыбыт.1 миэстэни ылла 4 кылаас үөрэнээччитэ Герман Прокопьев, 2 миэстэни ыллылар 2 кылаас үөрэнээччитэ Савелий Лугинов, 3 кылаас үөрэнээччитэ Кира Говорова уонна 3 миэстэни ыллылар 1 кылаас үөрэнээччилэрэ Милана Михайлова,… (читать далее)
Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыттар күрэхтэрэ VIII-с төгүлүн Үөһээ Дьааҥы улууһугар Верхоянскай куоракка, Саха АССР биллиилээх зоотехнига, Дьааҥы сылгытын племенной сылгы ахсааныгар киллэртэрбит үтүөлээх зоотехник Гаврил Алексеевич Аммосов аатын сүгэр Хоптолоох ипподромыгар ыытылынна. Былырыын бу маннык улахан тэрээһин Амма улууһугар буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Үөһээ Дьааҥыга ыытыллар Сылгыһыттар күрэхтэригэр 13 хамаанда кытынна. Ол курдук… (читать далее)
🌞🌤️🌦️💦🌨️⛅🌞Убаастабыллаах Өлтөх нэһилиэгин олохтоохторо!Эһигини сандал саас салаллан кэлбитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин булчут күнүнэн, улууспутугар «Аҕа сылынан» нэһилиэкпитигэр хаһыс да сылын ыытыллар күрэҕи салҕаан, быйылгы күрэҕи кадровай булчут, үлэ ветерана ПАВЕЛ ПАВЛОВИЧ СИВЦЕВ (БАЙБАЛ) сиэннэрэ, тэрийэр бөлөх көҕүлээһиннэринэн «БАЙАНАЙ-2024» күрэҕин сэргииргитигэр, көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт🙌🤗🙌Буолар күнэ, сирэ, бириэмэтэ:Муус устар 11 күнэ.Арылах бөһүөлэгэ, Орто-Эбэ күөлэКүнүс 14 чаастан (мустуу… (читать далее)
24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара икки күннээх үлэтэ түмүктэннэ. Сиэксийэлэринэн кыайыылаахтар билиннилэр. Быйыл сүбэ-мунньахха 19 улуустан 70-ча киһи ыҥырыллыбытыттан, ыраах улуустартан аҕыйах киһи кыайан кэлбэтилэр. Саха поэзиятыгар, прозатыгар, нууччалыы тыллаах литератураҕа, драмаҕа, кириитикэҕэ, оҕо литературатыгар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар биллэр суруйааччылар эдэрдэр айымньыларын икки күн устата ырыттылар. Саха поэзиятыгар түмүгү Наталья Харлампьева таһаарда. Ол курдук, 4 киһини… (читать далее)