Муус устар 27 күнэ- Саха Республикатын күнүн көрсө Арыылаах бөһүөлэгэр «Эйгэ» сынньалаҥ киинигэр Өлтөх нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын үҥкүү бөлөхтөрө «ҮҤКҮҮЛҮҮР ӨЛТӨХ» акция кэнсиэри икки сиринэн көрдөрдүлэр. Бу өрөгөйдөөх күҥҥэ «Таптыыбын төрөөбүт дойдубун» быыстапка5а «Эйгэ» с. к. иһинэн үлэлиир «Сиэдэрэй иис» түмсүү (салайааччы Иванова А. П.) Саха сирин картатын тигэн дьон көрүүтүгэр таһаардылар. «Арчы» сааһырбыттар түмсүүлэрэ (сал. Говорова М. К., Докторова А. И.) саха төрүт аһын астаан тобус-толору сандалы остуолга уурдулар.
И. И. Артамонов аатынан библиотека кинигэ быыстапкатын туруордулар. Биирдиилээн дьоннор уонна «Кэнчээри» о5о тэрилтэтэ сахалыы оноһуктары, харысхаллары, чуораанчыктары, сувенирдары, алмазнай мозайкалары а5алан быыстапка5а кытыннылар.
Бары кыттыбыттарга бар5а махталбытын тиэрдэбит.
«Үҥкүүлүүр Өлтөх» кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар «Кустук» о5о үҥкүүтүн бөлө5үн (сал. А. Саввина) кыргыттара, уолаттара уонна дуэтнай үҥкүүнэн аан бастаан сыана5а та5ыстылар Варя Черемкина, Дохсун Оконешников. «Ырыам уонна сибэкки» вокальнай ансамблга саҥа турбут «Уруйдан Сахам сирэ» үҥкүүнү көрөөччүлэр сэргээтилэр. «Кэнчээри» о5о тэрилтэтин коллектива «Хотугулуу» уонна ийэлэр кыргыттарын кытта «Ытылын куерчэ5им» үҥкүүлэрэ кэнсиэри киэргэттилэр.
Бэйдиҥэттэн «Тэтим» о5о үҥкүүтүн бөлө5ө ( С. Михайлова) сахалыы уонна аныгылыы үҥкүүлэри, «Сардаҥа» бальнай үҥкүү бөлө5ө (сал. М. Алексеева), «Дэгэйик» үҥкүү бөлө5ө (сал. Л. Васильева), «Дьүөгэ» үҥкүү бөлө5ө (сал. М. Аржакова) уонна Бэйдиҥэтээ5и» Чэчир» о5о тэрилтэтин үҥкүүтүн бөлө5ө бэртээхэй үҥкүүлэринэн кытыннылар. Кэнсиэри иилээн-са5алаан ыыппыт Надежда Колодезникова5а,
барыыга кэлиигэ сүүрбүт сымна5ас айаннаах суоппардарбытыгар Игорь Ивановка, Юлия Говорова5а, Нарыйа Тимофеева5а, куруутун көрдөһүүбүтүн быһа гыммат Прокопий Черемкинна, Николай Сивцевкэ махталбытын биллэрэбит.
Дьэ бу курдук Өрөспүүбүлүкэбит күнүн бэрт тэрээһиннээхтик ыытан акция-кэнсиэргэ киирбит үп СВО5а сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананна.
Биир санаанан, биир сомо5о буолан үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан, иллээхтик, дьоллоохтук олоруо5уҥ.