МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЕЙДИГИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ А. П. ПЕТРОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ОЛЬТЕХСКИЙ НАСЛЕГ"

«Байанай күрэҕэ-2024»

Сандал сааскы күҥҥэ, муус устар 11 күнүгэр, Арыылаах бөһүөлэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Булчут күнүнэн», улууспутугар «Аҕа сылынан» нэһилиэкпитигэр хаһыс да сылын ыытыллар күрэҕи салҕаан, быйылгы күрэҕи кадровай булчут, үлэ, тыыл ветерана ПАВЕЛ ПАВЛОВИЧ СИВЦЕВ (БАЙБАЛ) сиэннэрэ, тэрийэр бөлөх көҕүлээһиннэринэн «БАЙАНАЙ-2024» тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэрт сэргэхтик ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн киэргэйбит Орто-Эбэ күөлүгэр дьон-сэргэ сыыйа — баайа мустан истилэр. Хамаандалар массыынанан сыыйылыннаран кэлэннэр күрэхтэһэр атрибуттарын бэлэмнээн, оностон киирэн бардылар, кыахтарын, сатабылларын холоһо кэлбиттэрэ киһи хараҕар тута быраҕылынна.
Барыта 5 хамаанда кытынна. Күрэхпит саҕаланыан иннинэ ыытааччы мустубут дьону ыҥыран, салгыы сахалыы алгыс сиэрин-туомун нэһилиэк, улуус бочуоттаах олохтооҕо Никифор Пестряков оҥорон күрэхтэһии аһылынна. Нэһилиэк баһылыга Константин Алексеев эҕэрдэтин эттэ, күрэхтэһээччилэргэ ситиһиилэри баҕарда. П.П.Сивцев туһунан кылгас ахтыыны СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, өр сылларга биригэдьииринэн үлэлээбит Николай Пестряков оҥордо. «Кустук» оҕо үнкүүтүн бөлөҕүн солистара Вадим Саввинов, Ефим Сивцев үҥкүүлэринэн музыкальнай эҕэрдэ буолла.
Салгыы күрэхтэһии судьуйалара Леонид Марков, Андрей Бурнашев хамаандалары ыҥыран мустубут дьоҥҥо билиһиннэрэн үлэлэрин саҕалаатылар.
Булчуттарга олус табыгастаах 6 этаптаах, эстафеталаах, канат тардыһыылаах күрэхтэһии хатыһыылаахтык, олус сэргэхтик буолла, элбэх ыалдьааччы ыһыытаан-хаһыытан өссө сытыырҕатан биэрдилэр.
Уолаттар сатабылларын, туттан-хаптан хамсаналларын көрөргө да астык буолла.
Түмүккэ:
1 миэстэ: МПЧ-1
Амонов Руслан
Винокуров Николай
Сивцев Николай
Явловский Василий
(П.П.Сивцев сиэннэрэ олохтообут 20000 солк уу харчынан наҕараадаланнылар)
2 миэстэ: ОЭС(К)ШИ
Говоров Александр
Говоров Владислав
Андросов Дмитрий
Гоголев Дмитрий
(Олохтоох дьаһалта 16000 солк сертификатын туттулар)
3 миэстэ: «Урааҥхайдар»
Иванов Афанасий
Прудецкий Афанасий
Копырин Алексей
Дегтярев Николай
(Сивцевтар аймах 12000 солк харчынан наҕараадаланнылар)
Биирдии көруҥҥэ бастаабыттарга:
💠 Ойбон алларыы: Прудецкай А., Копырин Алексей (Урааҥхайдар) А. П. Петров аатынан Бэйдинэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин уонна Арыылаахтааҕы «Эйгэ» сынньалан киин бириистэрин туттулар.
💠 Кутаа уотун оттон чэй оргутуу:
Явловский Василий, Сивцев Николай (МПЧ-1) Арыылаахтааҕы «Кэнчээри» о5о тэрилтэтин, Пестряков Н. П. бириистэрин туттулар.
💠 Сааны ыһыы, хомуйуу Говоров Александр (ОЭС(К) ШИ) П. П. Пестряков аатынан Орто-Эбэ сүрүн оскуолатын бирииһэ.
💠 Тоҥуу хаарынан сүүрүү: Явловский Василий (МПЧ-1) Орто-Эбэ коррекционнай интернат-оскуола бирииһэ.
💠 Буурунан мууһу тэһии Сивцев Николай (МПЧ-1) А.Н.Жирков аатынан Бэйдинэ орто оскуолатын бирииһин тутта.
💠 Мээчиги быраҕан киллэрии Говоров Владислав (ОЭС(К)ШИ) МПЧ-7 туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна.

Маны таһынан анал бириистэр туттарылыннылар:
⚜️ «Аҕа саастаах кыттааччы» Иванов Афанасийга — Р. Докторов, А. Саввин (саха быһаҕа);
⚜️ «Эдэр кыттааччы» Бубякин Александр — нэһилиэк баһылыга К. Алексеев (ботуруон);
⚜️ «Бэргэн ытааччы» Явловский Василий — «АРЧЫ» маҕаһыын Говоров А.И. (надувной матрас) бирииһин тутта.
⚜️ «Сорсуннаах булчут» күрэхтэһии ыалдьааччытыгар Говоров Василий Иннокентьевичка — биир дойдулаахпыт Охлопков Нь.Н.(ботуруон) бирииһин туттарда.
⚜️ «Холобур буолар кыттааччы» Винокуров Николай — Н. Пестряков бирииһин туттарда.
⚜️ «Хамаандаҕа бэриниилээх» Андросов Дмитрий — Бэйдинэтээҕи «Чэчир» о5о тэрилтэтин бирииһэ туттарылынна.

Күрэхтэһии кэнниттэн салгыы биирдиилээн дьоҥҥо воздушка саанан ытыыга күрэхтэстилэр. Биэстэ ыттылар.
Эр дьоҥҥо:
37 очколаах Явловскай Василий 1 миэстэни ылан П. П. Сивцев сиэннэрэ олохтообут биир блок ботуруон бириис хаһаайынынан буолла.
35 очколаах П. П.Сивцев сиэнэ Николай Сивцев 2 миэстэ буолан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Артамонов олохтообут үс куул эбиэс бирииһин тутта.
Үһүс миэстэҕэ 32 очколаах Денис Говоров — Петр Докторов олохтообут анал бирииһин тутта.
Дьахталларга:
21 очколаах Мария Егорова — 1 миэстэ (2000 солк. И.Артамонов туруорда),
7 очколаах Лена Гоголева 2 миэстэ (1500 солк И. Артамонов),
4 очколаах Мария Черемкина 3 миэстэ (1000 солк. Л Марков бирииһин тутта)
Дьэ ити курдук булчут күнүгэр аналлаах курэхтэһии үрдүк таһымҥа, өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэннэ.
Тэрээһин аһын-үөлүн кыайа-хото туппут «Астык» маҕаһыыҥҥа (ИП Андросовтар), «Арчы» маҕаһыыҥҥа (ИП Говоровтар) махталбытын тиэрдэбит. Елена Ивановна сылаас, сымнаҕас бэрэскитин атыылаан, Сивцевтар аймах сибиэһэй собо оллооҥҥо буһаран, арыылаах алаадьынан, итии соккуойунан, үүттээх чэйинэн күндүлээннэр күрэхтэһээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Арыылаах биир элбэҕи эрэннэрэр ыччата, СР хапсаҕайга маастара Афанасий Протопопов олохтообут бирииһин күрэхтэһии тэрээһинигэр сүүрбүт-көппүт, бэртээхэй күрэхтэһиини тэрийбит Иннокентий Артамоновка махтанан туран, кыыннаах саха быһаҕын үөрэ-көтө туттардылар. «Эйгэ» с.к. коллективыгар П.П.Сивцев сиэннэрэ махтал тылларын анаан сэмэй бэлэх туттардылар, махтал тылы анаатылар Өлтөх нэһилиэгин дьаһалтатыгар.
Дьэ, ити курдук нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөх буолун, чөл олоҕу тутуһар, аҕа көлүөнэ холобур буолар дьоммут ааттарын үйэтитэр тэрээһиннэр элбии турдуннар.
Этэҥҥэ буолун, бар дьоммут!

Сиһилии хаартыскалары бу ссылкаларынан киирэн көрөргүтүгэр:

https://drive.google.com/drive/folders/1M_AB316tjCX0Zj2W47YZxqs4aXI57GUd

https://disk.yandex.ru/d/jPD-pWgY6ZY5rQ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong> 

sunny leone face porn-tube-box.com chikeko video naruto hentai doujin hentaicraft.net danmachi ryuu hentai zxxxx sexotube.info indian hot videos.com 19歳hカップド素人 お〇んこ舐めて下さいとお願いする極上お〇んこのむっつりスケベ娘をハメ倒す sakurajav.mobi 川栄ちはや abot kamay na pangarap november 3 2022 teleseryerewind.com miss universe celeste
وردة الجزائرية سكس pornarabic.net نسوان عريانه افلام سكس المنصورة radarporn.com سكس سانى xnxx.com rape clasporno.org www.xnxx.vom xxxsex pornous.net vivegam video songs theindiansex teenporntrends.com rape indian xxx video
helmet brands ph pinoyteleseryehd.net darna january 9 2023 full episode لانا رودز pornosex18.org طيزو punjabi aunty nude vegasmovs.org hebba patel nude indian pron vidios erobigtits.info wwwxxxporn نيك فنانات gottorco.com متعه النيك