⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠 Алтынньы 25 күнүгэр Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» сынньалаҥ киинигэр, Саха Республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Өлтөх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт _*Николай Гаврильевич Пестряков*_ 80 сааһыгар анаан *»КЭХТИБЭТ ТАЛААН»* творческай тэрээһин ыытылынна. Бу күн Николай Гаврильевич уран тарбахтарынан мастан оҥорон таһаарбыт көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктара, а5ата Уус Хабырыыс онорбут кырыымпата, Пестряковтар удьуор уустар төрүччүлэрэ,… (читать далее)
Саха сиригэр оһуохай күнүгэр кыттыһан Өлтөх нэһилиэгэр тоҥолохтон тутуһан күн үҥкүүтүгэр эргийдилэр. Арыылаахтааҕы Эйгэ сынньалаҥ киинигэр Орто-Эбэ сүрүн оскуолатын коллектива, үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ оһуохайдаатылар. Оһуохайы уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа Любовь Кудрина таһаарда. А.Н.Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар оскуола коллектива, үөрэнээччилэрэ мустан оһуохайдаатылар. Оһуохайы таһаарда Мария Иннокентьевна Говорова.
Уһун кыыдааннаах кыһыммытын этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэммит үөрүүбүтүгэр, өбүгэбит үтүө үгэстэрин тутуһан, бары биир өйгө- санааҕа түмүллэн, самаан сайыммытын үөрэ- көтө көрүстүбүт!Ол курдук, Өлтөх нэһилиэгин кэрэ аҥардара ыам ыйын 22 күнүгэрсалама ыйаатыбыт, боҕоруускай отунан ыраастанныбыт, «Сарыал» түөлбэ салайааччыта Мария Иннокентьевна Егорова хомустаата, үчүгэйкээн күҥҥэ айылҕаҕа аһаатыбыт. Аҕам саастаахтара наһаа үчүгэйдик сылдьан, сынньанан кэллибит диэн махтаннылар…. (читать далее)
Саха сиригэр ырыа күнүнэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ кыттыһан Арыылаахтааҕы «Эйгэ» сынньалаҥ киин «Ырыам уонна сибэкки» вокальнай ансамбла араас сыллардааҕы репертуардарыттан эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Олохтоох мелодист Мария Говорова ырыаларын таһаарыыга ансамбль «Уран мааны таҥаспыт», «Ньургуһуннар», «Төрүт дойдум Өлтөҕүм» уо. д. а. ыллыыбыт. Орто-Эбэ анал коррекционнай интернат-оскуолатын коллектива (директор Н. К. Колодезникова) үлэ быыһыгар «Ырыа күнүнэн» кыттыһаллар.
Ыам ыйын 9 күнүгэр 1941-1945 cылларга Сэрии толоонугар бэйэлэрин олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбытыгар, үлэ-тыыл ветераннарыгар анаан өйдөбүнньүк чүмэчитин уматыы акцията ыытылынна. Акцияҕа кыра оҕолортон саҕалаан, араас көлүөнэ бар дьоно барыта кыттыыны ылла. Мустубут дьон чүмэчилэрин уматан, биир-биир уурталаан, кыайыы 79 сылынан да5атан, 79 сыыппараны ойуулаан таһаардыбыт, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа хатанныбыт.
Ыам ыйын 9 күнүгэр Өлтөх нэһилиэгин Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр Кыайыы болуоссатыгар, Өлтех нэһилиэгэр олорон ааспыт, алдьархайдаах сэрии буойуттарыгар, тыыл үлэ ветераннарынахтан ааһар миитинг өрө күүрүүлээхтик ыытылынна. Кыайыы уотун олохтоох аҕа баһылык Константин Анатольевич Алексеев уматта, ыар сэрии сылларыгар Өлтөх сириттэн барыбыт буойуннар тустарынан сырдатыыны оҥордо. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» сэрии толоонугар баран бэйэлэрин олохторун,… (читать далее)
Бугун Валентина Константиновна Слепцова о5уруотчуттарга анаан дирин ис хоьоонноох маастар кылаас ыытан кэлбит дьонно элбэ5и иьитиннэрэн, видеороликтары кердерен, туьумэхтэринэн кэпсээн угуьу туьанныбыт. Бэйэбит беьуелэкпитигэр анаан о5уруотунан дьарыктанар дьонтон субэни ылан, кылгас сайыммыт кундулуур аьыттан кыьынныга хаьаанан, бэйэ олордубут аьынан аьыырбыт бэртээхэй буолла5а. Анна Петровна заготовкатын амсатта, рецебын уллэьиннэ. Маннык маастар кылааьы ыыппыккытыгар махталбытын тиэрдэбит.🙌«Эйгэ» с.к…. (читать далее)
🌿🌼🌿🌼🌿🌼🌿🌼🌿📣 «ОЙУУНУ ХАТЫЛАА» конкурс тумугэ!Конкурска элбэх улэ киирбитинэн икки белеххе араардыбыт:1кы белех📱камератыгар туьэрии,2с белех 📱приложениятыгар оноруу.1кы белеххе:📜Диплом I урдэлэ Лугинова В. М. сиэннэринээн «Эбээ килиэбэ»📜Диплом II урдэлэ ОЭСКШИ уерэнээччилэрэ «Мир, Труд, Май» (пионердар)📜 Диплом III урдэлэ Айыына, Алексей Даниловтар «Слушают мир»Анал ааттар:📜Прудецкая А.Ф. «Мин сааьым-мин баайым»📜Докторова Мила «Бастын обраьы арыйааччы»📜Попова Виалетта, Бороноев Владик «Бастын обраьы… (читать далее)