⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠
Алтынньы 25 күнүгэр
Арыылаахтаа5ы «Эйгэ» сынньалаҥ киинигэр,
Саха Республикатын уус-уран оҥоһуктарын маастара, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Өлтөх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт _*Николай Гаврильевич Пестряков*_ 80 сааһыгар анаан
*»КЭХТИБЭТ ТАЛААН»* творческай тэрээһин ыытылынна. Бу күн Николай Гаврильевич уран тарбахтарынан мастан оҥорон таһаарбыт көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктара, а5ата Уус Хабырыыс онорбут кырыымпата, Пестряковтар удьуор уустар төрүччүлэрэ, биир интириэстээхтэрэ Уус-Алдан улууһун «Мындыр» норуот маастардарын түмсүүтүн үлэлэрэ уонна хаартысканан быыстапкалара саала иһин тобус- толору туруорулуннулар.
Айар киэһэҕэ эҕэрдэлии, кыттыыны ыла кэллилэр Өлтөх нэһилиэгин баһылыга Константин Анатольевич Алексеев, Бэрт-Ууһун нэһилиэгин тимир уустарын түмсүүтэ (салайааччы СР уус-уран оҥоһуктарын маастара И. Е. Попов), СР норуотун маастара Ольга Колодезникова, өр сылларга бииргэ үлэлээбит доҕоро СР үөрэҕириитин туйгуна Василий Стрекаловскай, норуот маастардарын сүрүннээччи «Олоҥхо» этно-культурнай киин специалиһа Мотрена Герасимова, «Арчы» сааһырбыттар түмсүүлэрин салайааччылара Мария Говорова, Анна Докторова, культура тэрилтэлэрэ уонна хаан уруу аймахтара, оҕолоро. Музыкальнай эҕэрдэнэн киэргэттилэр «Кустук» о5о үҥкүүтүн бөлөҕүн уолаттара, «Ырыам уонна сибэкки» вокальнай ансамбль, Бэйдиҥэтээ5и А. П. Петров аатынан норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ, директор Игнатий Слепцов, СР культуратын туйгуна Иван Румянцев, ырыаһыт Егор Михайлов ону тэҥэ оригинальнай жанрынан көрөөччүлэри биһирэппит Уус-Алдан улууһун норуотун маастара, сцена ветерана Дмитрий Андросов, олохтоох мелодист автор Мария Говорова, айар киэһээни иилээн-саҕалаан ыытта Нюргуяна Иванова. Николай Гаврильевичка Ил Дархан А.С.Николаев «Махтал суруга», Өлтөх нэһилиэгин культура5а сайдыытын иһин түөскэ кэтэр знага, Уус-Алдан ветераннарын советын эҕэрдэ суруга туттарылыннылар. Торжественнай чааһын кэнниттэн сахалыы сандалы астаах фуршет тэриллэн эҕэрдэ эгэлгэтэ этилиннэ, санаа атастаһыыта буолла.
Айылҕаттан айдарыылаах уран тарбахтаах убаастыыр ытык киһибит 80 сааһынан ыытыллыбыт дьоро киэһэ тэрээһинигэр кыттыспыт Орто-Эбэ коррекционнай интернат-оскуолатын коллективыгар (директор Н.К.Колодезникова), Арыылаахтааҕы «Кэнчээри» оҕо тэрилтэтигэр (сэбиэдиссэй А.Д.Бурнашева), Орто — Эбэ сүрүн оскуолатын коллективыгар (директор Н.Н.Саввина), И.И.Артамонов аатынан библиотека үлэһиттэригэр Валерия Кирилловаҕа, Нюргуяна Васильеваҕа, Өлтөх нэһилиэгин ветераннарын түмсүүтугэр махталбытын биллэрэбит.
«Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕинии маннык улахан тэрээһиҥҥэ биир санаанан салайтаран өйдөбүлгэ хаалларыы бу дьон сэргэ түмсүүлээх буоларбытын көрдөрөр диэн махтана сыаналаата ытык киһибит Николай Гаврильевич.
«Эйгэ» с/к. Арыылаах
💠🌀💠🌀💠🌀💠🌀