МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЕЙДИГИНСКИЙ ЦЕНТР НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ИМЕНИ А. П. ПЕТРОВА" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ОЛЬТЕХСКИЙ НАСЛЕГ"

Дмитрий Михайлович Говоров — Олоҥхоһут Миитэрэй

Говоров Дмитрий Михайлович (1848—1943) — олоҥхоһут, норуот ырыаһыта. ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.

Олоҕун олуктара

1848 сыллаахха Бороҕон улууһун (билигин Уус-Алдан улууһаӨлтөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Олоҕун тухары үрдүк таһымнаах олоҥхоһутунан аатырбыта.

Кини толорбут үс улахан олоҥхолоро «Эрбэхтэй Бэргэн», «Үөлэн Хардааччы» уонна «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» суруллубуттар.

«Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо өссө 1938 сыллаахха туспа кинигэнэн тахсыбыта.

Литератураны уонна фольклору чинчийээччилэргэ бэрт сэдэх кинигэлэр. Дмитрий Говоров элбэх араас сиргэ олорбут, үлэлээбит. Кыһыл көмүс хостуур сиригэр үлэлии сылдьыбыта. Сороҕор таһаҕас тиэйиитигэр сылдьара, мас мастааһынан эбэтэр балыктааһынынан дьарыгырара. Г.Д.Данилов этэринэн: «Ханна баҕарар кэллэҕинэ, кинини убаастаан көрсөллөрө, сонурҕаан, сэҥээрэн истэллэрэ. Сороҕор атын улуус олоҥхоһуттарын кытта күрэхтэһэр этилэр. Кыра-кыралаан, кинини билэр дьон элбээтэр элбээн испиттэрэ. Олоҥхо биллиилээх чинчийээччитэ Василий Васильевич Илларионов Д.М. Говоров аар-саарга аатырбыт, улахан олоҥхоһут быһыытынан сыаналыыр. Олоҥхоһут Миитэрэй 1848 сыллаахха Өлтөх нэһилиэгигэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини сиэнэ, Говорова Мария Дмитриевна өйдүүрүнэн: “Кыра эрдэҕиттэн, кини саха омук уус-уран айымньытын олус сэҥээрэр этэ. Дьон истэригэр-истибэтигэр кыһаллыбакка, хараҕын симэн баран олоҥхолуур, туойар эбит. Олоҥхолуур кэмигэр, кини биһиги сирдээҕи олохпутуттан тэйэн, олох атын сиргэ тиийэн хаалар курдук эбит. Ол курдук дууһалыын, өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын тардыһан туран олоҥхолуур эбит.”

Кини – дорҕоонноох тойуксут уонна алгысчыт, сээркээн сэһэнньит уонна алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна үгэһит этэ. Итини тэҥэ түөлбэ күөл саҕа түһүлгэни төрүттүүр үҥкүүһүт, хомуһуннаах ойуун буолар толору кыахтааҕа диэн биир кэминээҕи дьоно сыаналыыллар.” Д.М. Говоров үгүс элбэх олоҥхолоруттан сурукка киирбит олоҥхото үс: «Эрбэхтэй Бэргэн», «Үөлэн Хардааччы», «Мүлдьү Бөҕө».Аан маҥнай 1930 с. кэлин Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбут Г.Д. Данилов «Эрбэхтэй Бэргэн» диэн олоҥхотун сурукка киллэрбитэ. Олоҥхо кээмэйэ тэттик, кэпсээн курдук эрээри, хомоҕой тыллаах хоһоонунан суруллубут.

Д.М. Говоров 1934 с. Саха сирин суруйааччыларын маҥнайгы конференциятыгар олоҥхоһут Тоҥ Суоруннуун кыттыыны ылбыттара. Бу кэмҥэ саха үөрэхтээҕэ, салайааччы А.Ф. Бояров «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн олоҥхотун суруйбута. Кини олоҥхону олоҥхоһут тылыттан туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ, тупсарыыта суох суруйарга дьулуспута. Иккис уратыта, хоһоонунан суруйууну киллэрбитэ. Онон Д.М. Говоров олоҥхото хоһоонунан наарданан суруллута олоҥхо жанр быһыытынан, поэтиканы да өйдүүргэ ураты суолталаах диэн В.В. Илларионов бэлиэтиир. Саха АССР Тылы уонна культураны үөрэтэр-чинчийэр института А.Ф. Бояров Д.М. Говоров тылыттан суруйбут «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун бэчээттээн таһàарарга быһаарбыта.Олоҥхо 1938 с. Москва куоракка латыын алпаабытынан бэчээккэ тахсыбыта. «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» наука эйгэтигэр киэҥник биллэр. Эпосовед И.В. Пухов бу олоҥхону ырытан диссертация, монография суруйбута. Учуутал Н.М. Говоров Олоҥхоhут Миитэрэй «Эрбэхтэй Бэргэн» диэн олоҥхотун иккиhин толору суруйбута. Олоҥхону олоҥхолотон истэ-истэ бэрт уhуннук суруйбут. Онон Г.В. Данилов 1930 с. суруйбутунааҕар толору тиэкис буолан тахсыбыт. Итини таһынан «Үөлэн Хардааччы» диэн тэттик олоҥхотун 1938 сыллаахха суруттарбыт. Олоҥхоһут тылыттан ким суруйбута биллибэт. Ону филологическай наука доктора Н.В. Емельянов «Сюжеты якутских олонхо» диэн үлэтигэр киллэрбитэ. Биллиилээх олоҥхоhут Д.М. Говоров-Олоҥхоhут Миитэрэй аатын үйэтитээри Ыhыахтыыр сиргэ кини албан аатыгар аналлаах Тойон Сэргэ туруоруллубута. Олохтоох музейга Д.М. Говоровка аналлаах муннук тэриллибитэ. Д.М.Говоров киин улуустарынан Бодойбонон, Аллараа Ленанан кэрийэ сылдьан олоҥхоһут быһыытынан ыллаан-туойан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэхсэппитэ, олоҕун тиһэх сылларыгар баай репертуарын сурукка киллэртэрэн үйэтиппитэ. Кини «Мүлдьү Бөҕө», «Эрбэхтэй Бэргэн» диэн бөдөҥ олоҥхолорун А.Ф.Бояров, Г.В.Данилов, Н.М.Говоров суруйбуттара. «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхо туспа кинигэнэн тахсан киэҥ биһирэбили ылбыта, олоҥхоһут аатын-суолун үйэ-саас тухары үйэтиппитэ.

Айымньылара:

  • Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө. — М. — Дьокуускай. 1938.
  • Эрбэхтэй Бэргэн. Саха норуотун айымньылара. — Дьокуускай, 1942.
  • Кыргыска киирэр алгыс. Саха фольклора. — Дьокуускай, 1942.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong> 

sunny leone face porn-tube-box.com chikeko video naruto hentai doujin hentaicraft.net danmachi ryuu hentai zxxxx sexotube.info indian hot videos.com 19歳hカップド素人 お〇んこ舐めて下さいとお願いする極上お〇んこのむっつりスケベ娘をハメ倒す sakurajav.mobi 川栄ちはや abot kamay na pangarap november 3 2022 teleseryerewind.com miss universe celeste
وردة الجزائرية سكس pornarabic.net نسوان عريانه افلام سكس المنصورة radarporn.com سكس سانى xnxx.com rape clasporno.org www.xnxx.vom xxxsex pornous.net vivegam video songs theindiansex teenporntrends.com rape indian xxx video
helmet brands ph pinoyteleseryehd.net darna january 9 2023 full episode لانا رودز pornosex18.org طيزو punjabi aunty nude vegasmovs.org hebba patel nude indian pron vidios erobigtits.info wwwxxxporn نيك فنانات gottorco.com متعه النيك