Ыам ыйын 23 күнүгэр Илин Эҥэр улуустара: Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Уус Алдан улуустара мунньустан Кыайыы 80 сылыгар анаан Туос тууйастар ы оҥорон а5алан, Өлүөнэ өрүскэ ыҺыктаан ыытыы олохтонно. Улуустар биллэр көстөр бас салайааччылара кыттыыны ыллылар, история чахчыларыгар оло5уран тыл эттилэр. Ол кэннэ кэлбит дьон тууйастарын арыылаан, алаадьылаан, хаппахтаан баран мотуорунай лодкалаах уолаттарга утаардылар. Уолаттарбыт Өрүс ортотугар киирэн хото5остуу субурутан биир биир хал5аҺалыы утаардылар.
Дьэ ол кэннэ сылын ахсын ыытыллан кэлбит, 12 төгүлүн ыытыллар «Күн үҥкүүтэ» диэн, Илин эҥэрдии матыыбыпка оло5уран оҺуохай этиитин түҺүлгэтэ олохтонно. Бу күрэххэ Уус Алдан улууҺуттан 45 киҺилээх делегация баран кыттыыны ылла. ОҺуохай күрэ5э үс сааҺын арахсан ыытылынна, ол курдук 18 сааҺыгар диэри о5олор, 18 сааҺыттан 35 сааҺыгар диэри, уонна 36 сааҺыттан өрө саастаах улахан дьоҥҥо.
Улахан дьон икки ардыгар күрэххэ Өлтөх нэҺилиэгэ кыттыыны ылла, күрэх түмүгүнэн олохтоох фольклору тар5атааччы Зоя Иннокентьевна Шепелева төрүт Өлтөхтөн хаалбыт оҺуохай матыыбынан оҺуохайдаан, Түөлбэ үгэҺин тутааччы анал ааты ылары ситистэ, Зоя Иннокентьевна Улуу Кыайыыга аналлаах тыллаах оҺуохайы таҺаарда, А П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээ5и норуот айымньытын директора Игнатий Васильевич Слепцов Уус Алданныы оҺуохай матыыбынан толорон үҺүс үрдэли ылары ситистэ. Игнатий Васильевич Улуу Кыайыы ыҺыа5ар саха ата кыттыыны ылбыта, кини тулуура баар буолан Кыайыыны уҺансыбыта диэн ис хоҺоонноон оҺуохайдаата. Кыттааччылары арыалдьыт быҺыытынан А.П.Петров аатынан Бэйдиҥэтээ5и НАК уус уран салайааччыта Майя Иннокентьевна Аржакова барсан кэллэ. Бу күрэх 12 сыл устата Аллараа Бэстээх сиригэр ыытыллан кэлбит буолла5ына, аны кэлэр сылга ханна ыытылларын сүүмэрдээҺин түмүгүнэн Кыыс Амма сиригэр-уотугар ыытыллар буолла.
Сонуннарга анаан Өлтөх олохтоох прессата.














